Саха сиригэр бэс ыйын 1 күнүттэн тиийинэн олоруу кээмэйин 10 бырыһыан улаатыннардылар. Эрдэ 19 108 солк ааҕыллара, билигин — 21 019 солк, өрөспүүбүлүкэ парламена иһитинннэрэр.
Үлэлиир нэһилиэнньэҕэ — 22 911 солк (эрдэ 20 828 солк); биэнсийэлээхтэргэ – 18 076 солк (16 433 солк); оҕолорго – 21 839 солк (эрдэ 19 854 солк.).
Тиийинэн олоруу кээмэйэ диэн босуобуйаны, социальнай төлөбүрдэри, МРОТ, ыстыраап уонна нолуок ааҕыытыгар учуоттанар кээмэй.
Регион аайы араастаһар, маны сэргэ нэһилиэнньэ үс бөлөҕөр арахсар — оҕолор, биэнсийэлээхтэр уонна үлэлиир дьон.
This post was published on 06.06.2022 15:01 15:01