2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр тиийинэн олоруу кээмэйэ улаатта — ортотунан 21 706 солк буолла, иһитиннэрдэ Үлэ министиэристибэтэ.
Сүрүн социальнай-демографическай бөлөҕүнэн араарыы маннык буолла:
үлэлиир нэһилиэнньэҕэ — 23 660 солк;
биэнсийэлээххэ – 18 667 солк;
оҕоҕо – 22 560 солк.
I зонаҕа Арктика оройуоттара — 25 396 солк, үлэлиир нэһилиэнньэҕэ — 27 682 солк, биэнсийэлээххэ — 21 840 солк, оҕоҕо — 26 395 солк.
II зонаҕа киин улуустар уонна Дьокуускай куорат — 21 272 солк, үлэлиир нэһилиэнньэҕэ — 23 187 солк, биэнсийэлээххэ — 18 294 солк, оҕоҕо — 22 109 солк.
2023 сыллааҕы тиийинэн олоруу эбиллиитэ сыана үрдээһинин кытта учуоттанан оҥоһулунна. 2022 сыл тохсунньутун кытта тэҥнээтэххэ — 13,6% эбилиннэ.
This post was published on 09.01.2023 11:01 11:01