Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2024 сылтан 6,1% үрдүөҕэ

Саха сиригэр 2024 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйин олохтоотулар. Эһиилгиттэн бу көрдөрүү биир киһиэхэ – 23 034 солк. буолуоҕа үлэлиир дьоҥҥо – 25 107 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 19 809 солк., оҕолорго – 23 598 солк. диэри улаатыаҕа. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата иһитиннэрэр.

Тустаах быһаарыыны атырдьах ыйын 24 күнүгэр Андрей Тарасенко салайааччылаах Саха сирин бырабыыталыстыбатын мунньаҕар ылыннылар.

This post was published on 24.08.2023 18:19 18:19