Саха сиригэр ыаллыы регионнартан оту киллэриини аҕыйатар сорук турар, сүөһү сыстыганнаах ыарыытын киллэрбэт туһуттан маннык быһаарыы ылылынна. Ол туһунан СИА-ҕа тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү департаменын салайааччыта Николай Питимко эттэ.
2021 сылга Саха сирин оройуоннарыгар барыта атын регионнартан 10 тыһ тахса туонна от киллэриллибитэ, уопсай суумата 800 мөл солк өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан төлөммүтэ.
«Бу сылга киирии оту аҕалыыны аҕыйатар, тохтотор соруктаахпыт. Бу үп суоҕуттан буолбатах, ыаллыы регионнарга сыстыганнаах ыарыылар баар буолууларын кытта сибээстээх. Холобур, сибиинньэ африканскай чумата уонна нодулярнай дерматит. Оту кытта бу ыарыылар биһиэхэ тарҕаныахтарын сөп. Оччотугар сүөһүнү уматыллар, суох оҥоһуллар, онтон биһиги оннук кытаанах миэрэлэри таһаарыа суохтаахпыт. Кыстыгы туоруурга кыах баар бэйэбитигэр, дефицит баара бэлиэтэммэт», – диэтэ Николай Питимко.
Кини 1 119 туонна уотурба Кэбээйигэ, Горнайга, Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ уонна Чурапчыга тириэрдиллибитин эттэ.
«Бары хаһаайыстыбаларга 211 130 төбө сүөһү баар, былырыыҥыны кытта тэҥнээтэххэ 1,8% аҕыйааһын баар. Ынах ахсаана 77 768, эбиллии 1,7%. Манна биир ыанар ынахха 35 тыһ солк кэтэх хаһаайыстыбаларга бэриллэр буолбута оруоллаах. Биэ 120 022 – эбиллии 2,6%», – диэтэ Николай Питимко.
This post was published on 30.11.2022 11:25 11:25