Саха сирэ Россияҕа аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары өйүүргэ сокуоннар боппуруостарыгар инники күөҥҥэ сылдьар. Сылын аайы региоҥҥа табаны иитиигэ 1 млрд солк тыырыллар.
Быйыл этиллибит сууманы өссө 200 тыһ солк эбэн биэрдилэр. Өссө ханнык миэрэлэр баалларын Арктиканы сайыннарыы миниистирин солбуйааччы Михаил Погодаев кэпсээтэ.
Дьиэ табатын иитии хотугу норуоттар сүрүн дьарыктара. «Регион хаһаайыстыбаларыгар барыта 172 тыһ таба баар. Сир-уот араастаһар: ойууртан саҕалаан, туундараҕа тиийэ, ол иһин таба да көрүҥэ араастаһар. Кэнники сылларга табаны иитиини сайыннарыы күүскэ өйөнөр. Бу эрэ хайысхаҕа миллиард солк суума көрүллэр өрөспүүбүлүкэ бюджеттан, быйыл Айсен Николаев быһаарыытынан суума 200 тыһ солк эбилиннэ», — диэтэ Михаил Погодаев Нерюнгри оройуонугар буола турар аан дойду табаһыттарын ассоциацияларын мунньаҕар.
Маны сэргэ, федеральнай бюджеттан Илини сайыннарар министиэристибэнэн КМНС бырагыраамаларынан эмиэ үбүлээһин баар. Харчы көс дьиэлэри тутууга, күрүө-хаһаа оҥостууга, оборудование, техника ылыныыга уо.д.а. тыырыллар.
Сиһилии https://ysia.ru/na-podderzhku-olenevodov-v-yakutii-vydeleno-bolee-milliarda-rublej/
This post was published on 17.03.2023 10:01 10:01