Саха сиригэр таба ыстаадаларыгар үлэлиир оҕолорго үбүлээһин көрүлүннэ

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата таба хаһаайыстыбаларыгар саастарын ситэ илик оҕолор сайыҥҥы дьарыктарын тэрийиигэ уураах ылынна. Быйыл 14 — 18 саастаах 185 оҕо туундара киэлитигэр үлэнэн хааччыллыа. СИА иһитиннэрэр.


«Таба ыстаадаларыгар оҕолору үлэлэтии 2018 сылтан саҕаламмыта. Икки сыл устата 400-тэн тахса оҕо хабыллыбыта. Быйыл былаан быһыытынан — 185», — өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолууга кэмитиэтэ иһитиннэрдэ.

Биэдэмистибэ эппитинэн, 2020 сылга «СӨ нэһилиэнньэтин дьарыктаах оҥоруу, 2020-2024 сыллар» бырагырааманы олоххо киллэриигэ 3 мөл.солк көрүллэр.

This post was published on 30.04.2020 14:01 14:01