Үүтү соҕотуопкалааччыларга 1 073 585 1000 солк. субвенция ыытылынна, бу уопсай суума 43,7 % ылар. 2017 сылга барыта 2 млрд 450 мөл. солк. субвенция бу сыалга анаан тыырыллыбытын регион тыатын хаһаайыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бэс ыйын ортотунааҕы көрдөрүүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 23 256 т үүт туттарыллыбыт. Ааспыт сылга бу кэмҥэ көрдөрүү 16 840 т тэҥ. Бэс уонна от ыйдара ыам саамай үрүлүйэр кэминэн буолаллар.
Былаан быһыытынан, сэттэ тыһыынча туоннаттан элбэх үүтү Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 7 339 т (туолуута 2 219 т), Чурапчыга – 7 581 т (туолуута 2 161 т) туттарыахтаахтар.
Алта тыһыынча туоннаттан таһаарыыга Сунтаар 6 504 т (туолуута 2 280 т), Таатта – 6 250 т (туолуута 1 964 т) былааннаах.
Биэс тыһыынчаттан тахсар былаан Аммаҕа 5 556 т (1 557 т), Бүлүүгэ – 5 210 т (1 634 т), Ньурбаҕа – 5 227 т (1 470 т), Хаҥаласка – 5 739 тн (1 712 т) баар.
«Үүтү соҕотуопкалааһын көхтөөхтүк барар. Үгүс улуустар ыйдааҕы былааннарын аһары толороллор«, — диэн тустаах министиэристибэ иһитиннэрэр.
This post was published on 21.06.2017 15:00 15:00