От ыйын 7-15 күннэригэр Дьокуускайга «BY-16» диэн IV Норуоттар икки ардыларынааҕы аныгы искусство биенналета буола турар. “Азия оҕолоро” оонньуу бырагырааматын чэрчитинэн барар буолан, биеннале сүрүн тиэмэтэ – “Сир оҕолоро”. Бу күннэргэ IV Норуоттар икки ардыларынааҕы аныгы искусство биенналетын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Саха сиригэр биеннале төрдүс төгүлүн ыытыллар. Аан бастаан 2009 сыллаахха Национальнай художественнай мусуой үлэһитэ Потанин фондатын гранын сүүйбүтэ. Эһиилигэр бастакы биеннале ыытыллыбыта.
Быйыл 60 сайаапка киирбититтэн, 89 кыттааччы талыллан, 45 бырайыагы билиһиннэриэхтэрэ. Ол иһигэр Францияттан, Венесуэлаттан, Соҕуруу Кореяттан, Японияттан, ону тэҥэ Красноярскай кыраайтан, Хотугу Осетияттан, Башкортостантан, Екатеринбург, Москва, Санкт-Петербург куораттартан худуоһунньуктар, дизайнердар, фотографтар кытыннылар. Кинилэр үлэлэрин уус-уран искусство (живопись, графика, скульптура), инсталляция, видео-арт, стрит-арт, паблик-арт, цифровой искусство көрүҥнэринэн сыаналыахтара. Кыайыылаах 100 тыһ. солк. наҕараадаланар, бириис фондатын уопсай суумата – 300 тыһ. солк.
Биеннале 4 платформалаах: быыстапкалар, алтыһар, үөрэтэр уонна оҕоҕо аналлаах. Быыстапкалар Национальнай художественнай мусуойга, куорат пляһыгар, Таалай күөлгэ, Арктикатааҕы култуура, искусство институтугар уонна Сэргэлээх күөлүгэр туруохтара.
Алтыһар, билсэр-көрсөр платформаҕа элбэх лекциялар, көрсүһүүлэр, паблик-токтар былааннаммыттар. Ыҥырыллыбыт экспердэр дьүүллүүр сүбэҕэ киирэн, үлэлэри сыаналыахтара, сүбэ-ама биэриэхтэрэ.
Тэрийээччилэр үөрэтэр платформаҕа улахан болҕомтолорун уураллар, тоҕо диэтэр, искусство бу саҥа көрүҥэр үөрэнии, ордук эдэрдэргэ улахан суолталаах. Онон аан дойдуга биллэр-көстөр экспердэри ыҥырбыттар. Кинилэр лекциялары ааҕаллар, маастар-кылаастары ыыталлар. Биеннале оҕолорго аналлаах платформатыгар оҕолор уонна улахан дьон айымньылаах алтыһыылара, бииргэ үлэлээһиннэрэ туспа бырагыраамалаах.
Үөрүүлээх аһыллыыга биеннале комиссарын – Францияттан кэлбит худуоһунньук, искусствоведение доктора, профессор Элуа Ферияны уонна экспердэри кытары билиһиннэрдилэр.
“Биһиги тэрийэр үлэбит худуоһунньуктары түмүү, сайыннарыы, билиһиннэрии буолар. Антарктикаҕа үлэлээбиппит, онно худуоһунньуктары сэргэ учуонайдары, байыаннайдары түмпүппүт. Билигин биһиги Арктикаттан чугас баарбыт, бу эмиэ олус интэриэһинэй бырайыак. Ханна да тиийдэрбит, Саха сирин кытары ситимнээхпитин кэпсиибит, оччоҕо бары ымсыыраллар, кэлиэхтэрин, кыттыахтарын баҕараллар”, — диэн Элуа Ферия этэр.
СӨ култуураҕа, духуобунай сайдыыга миниистирэ Владимир Тихонов элбэх эдэр дьон кыттарыттан үөрэрин эттэ. Биеннале сылтан сыл сайдан, кэҥээн иһэрин, куораты киэргэтэрин, олохтоохтору аныгы искусствоҕа сыһыарарын бэлиэтээтэ.
Үөрүүлээх аһыллыы кэннэ, кэлбит дьон биеннале кыттааччыларын үлэлэрин көрдүлэр.
This post was published on 08.07.2016 16:06 16:06