Саха сиригэр сылгы ахсаана элбээтэ

Саха сиригэр сылгы ахсаана бары хаһаайыстыбаларга 240 821 диэри элбээбитэ бэлиэтэнэр, бу былырыыҥҥытааҕар 0,2% элбэх.

Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһүнү иитиигэ департаменын салайааччыта Николай Питимко иһитиннэрбитинэн, биэ ахсаана 2,6% улаатан 123 381 төбөҕө тиийдэ. Быйыл тыа хаһаайыстыбаларын бары араҥаларыгар  64 992 төбө убаһаны ыллылар, ити ааспыт сыллааҕар 5%- нан аҕыйах.

Ол да буоллар, биэ уопсай ахсааныттан 52,7%-на төрүҕх биэрдэ, бу үчүгэй көрдөрүү буоларын Питимко бэлиэтээтэ.

This post was published on 09.10.2023 14:22 14:22