Сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр биир кэлим босуобуйа 63510 оҕо төрөппүтүгэр уонна 1418 хат дьахтарга ананна. Бу сыалга Россия социальнай пуондатын регионнааҕы салаата 8 млрд 475 мөл солк ыытта.
Сүрүн болҕомто СВО кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр ууруллар. Ол туһунан отделение управляющайа Марина Герман брифиҥҥэ эттэ.
«СВО кыттыылааҕын дьиэ кэргэнэ, РФ президенин ыйааҕынан, биир кэлим босуобуйаҕа сайабылыанньа ыытар бырааптаах. Босуобуйа чэпчэтиллибит усулуобуйаҕа олоҕуран ананар. Байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт эрдэтээҥи хамнаһа, ол иһигэр предпринимательскай үлэттэн дохуота, бириэмийэтэ учуоттамматтар. Маны сэргэ «нулевой доход» диэн быраабыла кинилэргэ туттуллубат. Ол эбэтэр кини дьиэ кэргэнэ босуобуйа ыларыгар, аҕаҕыт дохуота суох эбит диэн, аккаастаныллыбат», — диэтэ Марина Герман.
Босуобуйа алта ыйга ананар, ол кэннэ иккистээн сайабылыанньа суруйуохтарын сөп. Сайабылыанньа «Госуслуги» порталга толоруллар.
This post was published on 14.05.2024 10:33 10:33