Саха сиригэр 2022 сыл ахсынньытыгар Сангаар, Хандыга уонна Нерюнгри аэропортарыгар саҥардыы үлэтин түмүктүөхтэрэ. Үлэ магистральнай инфраструктураны модернизациялааһын уонна кэҥэтии былаанын чэрчитинэн ыытыллар, диэн СИА-ҕа Саха сирин баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев аэропортары саҥардааһын, Саха сирин курдук киэҥ территориялаах сиргэ тыын суолталаах боппуруос буоларын бэлиэтээтэ.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр барыта 31 аэропорт үлэлиир, олортон үксэ ааспыт үйэ 40-50- с сылларыгар тутуллубуттара. Халаан уута ылар суоллаах-иистээх аэродромнар бааллар. 2024 сылга диэри магистральнай инфраструктураны модернизациялааһын уонна кэҥэтии былаанын чэрчитинэн, 15 аэропорт саҥардылла сылдьар, сорохторо түмүктэннэ. Маны таһынан, биир суолталаах боппуруоһунан аэропортары саҥа аныгы тиэхиникэнэн хааччыйыы буолар», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
This post was published on 08.12.2022 16:05 16:05