«Обеспечение качественным жильём и повышение качества жилищно-коммунальных услуг» судаарыстыбаннай бырагырааманы үлэлэтиигэ 2022 сылга 81,9 млрд солк көрүлүннэ, ол иһигэр 41 млрд солк федеральнайдааҕы бюджеттан.
2022 сыл бүтүөр диэри Саха сиригэр 20 хочуолунай тутуллуохтаах, диэн СИА-ҕа ОДьКХ эттэ.
«Үбү туһаныы 79,6%. Сыл бүтүөр диэри 20 хочуолунай тутуллар уонна уларытыллар, биэс уунан хааччыйыы эбийиэгэ, үс эбийиэк ууну таһаарыыга, ТКО-ҕа түөрт эбийиэк, маны сэргэ 65 км ититэр ситимҥэ, 1,2 км эргэрбит ууну таһаарар ситимҥэ, 18 км уунан хааччыйар ситимҥэ үлэ барар.
Сыл түмүгүнэн киин ититэр ситимҥэ 850 дьиэ холбонор. 185 элбэх кыбартыыралаах дьиэ өрөмүөннэнэр. «Чистая вода» бырайыагынан «Жильё и городская среда» нацбырайыагынан ыраас уунан хааччыйар алта эбийиэк үлэлиир», — миниистир Вячеслав Емельянов эттэ.