Сайыҥҥы лааҕырга 11 тыһыынча сайаапка киирбититтэн, 1390 путёвка анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтарын оҕолоругар ананна. Ол туһунан үөрэх миниистирэ Ирина Любимова эттэ.
Ил Дархан «О мерах поддержки семей военнослужащих» ыйааҕынан Үөрэх министиэристибэтинэн дьыссаакка төлөбүртэн СВО кыттыылаахтарын тыһыынчаттан тахса оҕото босхоломмута. Босхо аһылыгынан 1,2 тыһ үөрэнээччи 5 — 11 кылаастарга хааччылынна.
Маны сэргэ төлөбүрэ суох сыаллаах үөрэниигэ дуогабар түһэрсиигэ 130 быһаарыы ылылынна. 368 устудьуоҥҥа, төрөппүтэ байыаннай сулууспа барар кэмигэр, үрдэтиллибит стипендия бэриллэр.
«СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр «Цифровой куратор», «Графический дизайнер» уонна «Вожатый» босхо үөрэнии тэриллэр, идэҕэ урутаан бэлэмнэнии киинин баазатыгар», – диэтэ миниистир.
This post was published on 18.05.2023 09:01 09:01