Саха сиригэр анал байыаннай дьайыыга бааһырбыттар дьиэ кэргэттэригэр «Забота» социальнай өйөбүл бырагыраамата үлэлиир. Байыастар аймахтарыгар эмп ылалларыгар үбүнэн көмө оҥоһуллар уонна госпитальга бараллара өйөнөр. Ол туһунан социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова брифиҥҥэ эттэ.
«Тустаахтар социальнай көмүскэл уоргаттарыгар кэлиэхтэрин наада, бастакылаан ирдэнэргэ көмө ыларга, холобур эмп ылыытыгар уонна оннук курдук ороскуоттары толуйтарыыга. Маннык көмө олох олоруу алын кээмэйин бииртэн түөркэ дылы кээмэйинэн бэриллэр», — диэтэ миниистир
«Маны сэргэ госпитальга барыыга олох олоруу алын кээмэйин икки төгүл кээмэйин көмө ылыан сөп. Бэлиэтээн этиэххэ наада, байыастар регионтан эбии төлөбүрү ылаллар. Бу төлөбүрдэр Саха сирин социальнай харысхалын уоргаттарынан оҥоһуллар», — диэтэ кини.