Саха сиригэр СВОттан бүтэн кэлбит байыаннай сулууспалаахтар бары өттүнэн, ол иһигэр социальнай-психологическай уонна медицина өйөбүлүн ылаллар. Идэҕэ бэлэмнииллэр уонна үлэ булуутугар көмө оҥороллор.
«Доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэриттэн тыһыынчаттан тахса СВО кыттыылааҕа уонна кини дьиэ кэргэнэ көмө ылар. Социальнай реабилитацияны кинилэр өрөспүүбүлүкэ киинигэр, Москваҕа «Бэс Чагдаҕа» ааһаллар», — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан эппитинэн, оһуобай болҕомто СВО бэтэрээнэ үлэнэн хааччыллыытыгар ууруллар. Ааспыт сылга 600-чэ киһи тэрилтэлэр квоталарынан үлэлэммитэ.
«Быйыл былааны 885 киһиэхэ диэри улаатыннардыбыт уонна эбии үлэ миэстэтин баазатын тэрийдибит — үс тыһыынчаттан кыра буолуо суохтаах», — диэтэ кини.
Санаттахха, муус устар 27 күнүгэр Ил Дарханы кытта «Быһа холбонуу» үлэлиир.
This post was published on 23.04.2025 11:08 11:08