Саха сиригэр сууккаҕа биэс ойуур баһаарын тохтоттулар

Балаҕан ыйын 4 күнүн сарсыардатыгар Саха сиригэр 15 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 31 ойуур баһаара баар. Билигин аҕыс баһаары умуруорууга үлэ барар, итинтэн үһүн тохтоттулар. Бу туһунан брифинг хаамыытыгар өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна тыа хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

«Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ икки саҥа ойуур баһаарын буллулар,  20,5 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ биэс баһаары тохтоттулар. Маныаха уоту умулларыыга 290 киһи уонна 19 тиэхиньикэ туһанылынна, биэс салгын суудуната үлэҕэ тардылынна. Ойуур инспектордара патрульнай-рейдэлэри ыыталлар», — диэн Гоголев иһитиннэрдэ.

This post was published on 04.09.2023 09:15 09:15