Саха сиригэр сууккаҕа Уус-Алдан, Таатта, Кэбээйи, Томпо, Орто Халыма, Алдан, Уус-Майа оройуоннарыгар 7 ойуур баһаарын умуллардылар. Нерюнгри, Таатта, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Алдан оройуоннарыгар 9 саҥа баһаары бэлиэтээтилэр.
Уопсайа 61 896,4 гектар иэннээх сиргэ, барыта 60 ойуур баһаара умайа турар:
Сунтаарга — 1;
Үөһээ Бүлүүгэ — 1;
Тааттаҕа — 2;
Өймөкөөн — 5;
Нерюнгрига — 12;
Уус-Майаҕа — 13;
Алдаҥҥа — 26.
«Билигин Алдан, Үөһээ Бүлүү, Нерюнгри, Өймөкөөн, Сунтаар, Таатта, Уус- Маайа оройуоннарыгар 4682,4 гектар иэннээх сиргэ тоҕус ойуур баһаара умуллара сылдьаллар»,-диэн оперштабка иһитиннэрдилэр.
Баһаарга барыта 578 киһи үлэлиир, онтон 451 парашютнай- десантнай сулууспа үлэһитэ, 79 ойуур баһаарынай сулууспа үлэһитэ, 25 ГПС үлэһитэ, олохтоох нэһилиэнньэттэн 23 доброволец. 28 тиэхиникэ туһанылла сылдьар.
Ааспыт сыл бу кэмҥэ уопсайа 1 613 240,5 гектар иэннээх сиргэ, 154 ойуур баһаар умайа турара.
This post was published on 25.07.2022 11:15 11:15