Саха сиригэр сууккаҕа 14 ойуур баһаара булулунна

Фото: Галина Мозолевска, ЯСИА

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 14 ойуур баһаара булулунна. Үс уот Уус-Майаҕа, Аммаҕа, Өлүөхүмэҕэ бохсулунна.

Ол туһунан брифиҥҥэ экология миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев эттэ. «Уопсайа 4370 гектар сири сиэбит уот Уус-Майа, Горнай, Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Өймөкөөн, Булуҥ, Томпо оройуоттарыгар булулунна. Үс уот Уус-Майаҕа, Аммаҕа, Өлүөхүмэҕэ бохсулунна. Умуруорууга 255 киһи уонна 13 техника үлэлээтэ», — диэтэ Андрей Коноплев.

Амма, Ньурба, Өлүөхүмэ, Таатта, Өймөкөөн улуустарыгар 4 кылаастаах баһаар куттала баар. Зондировщик-сөмөлүөт үлэлиирэ былааннанар.

Абый, Бүлүү, Уус Алдан, Өлүөхүмэ, Уус-Майа, Мииринэй, Эбээн-Бытантай оройуоттарыгар оһуобай баһаары утары үлэ эрэһиимэ олохтонор.

Билигин өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 21 ойуур баһаара баар, уопсайа 10 030 гектар иэннээх сири сиир. Былырыын бу кэмҥэ 55 уот, 80 тыһ га иэни ылбыта.

This post was published on 29.06.2023 12:30 12:30