Уус Алдан Майаҕаһыгар суолтан массыына бырахтаран таҥнаһынна. Уруулга 21 саастаах арыгы испит туруктах, суоппар бырааба суох кыыс олорбут.
Саха сирин ГАИ-та эппитинэн, кыыс уруулун кыайан туппатах уонна суолтан бырахтарбыт. Суол саахалыгар сиһин тоноҕоһугар уонна буутугар 19 саастаах пассажирката дэҥнэннэ. Атын пассажирдар уонна суоппар эчэйбэтилэр.
Уруулга олорбут кыыс туругар медицина быһаарыытынан, итирдэр утаҕы испитэ билиннэ. Киниэхэ административнай матырыйаал оҥоһулунна. Суол саахалынан бэрэбиэркэ барар.