Саха сиригэр суол быраабылатын кэһиини көрөр саҥа стационарнай комплекстары тест эрэһиимиттэн толору үлэлиир балаһыанньаҕа көһөрдүлэр. Барыта 26 камера үлэтин саҕалаата, диэн регион суолга управлениета иһитиннэрдэ.
«Утары балаһаҕа тахсыыны, суол бэлиэлэрин уонна светофор уотун тутуспат буолууну, «стоп-линияны» уонна хааччахтаах түргэни кэһиини, «ремень безопасности» туттубат буолууну, төлөпүөнүнэн кэпсэтиини камера устуоҕа», – диэтилэр исписэлиистэр.
Дьокуускайга: Михаил Николаев пр. – Дежнев; Лермонтов – Короленко; Окружное шоссе, 39/2 (АГЗС); Окружное шоссе – Космонавтов; Окружное шоссе – Базовай переулок; Олег Кошевой, 39/1 (оскуола).
Үөһээ Бүлүүгэ: Ленин, 10а; Карл Маркс, 51; 50 лет ЯАССР, 13/1 (Үс Хоhуун);
Тааттаҕа: Ытык-Күөл, Пекарскай, 28 (оскуола).
Ньурбаҕа: Энергетиков переулок, 8; Комсомольскай, 87б.
Нерюнгри: Карл Маркс – Ленин.
Горнай Бэрдьигэстээҕэр: Семен Данилов, 43 (оскуола).
Айан суолугар: а/д «Нам» км 83 (Нам); а/д «Нам» км 85 (Нам); а/д «Умнас» км 92 (Мохсоҕоллоох); а/д «Умнас» км 68+880 (Ой); а/д «Вилюй» км 788+000 (Ньурба); а/д «Вилюй» км 399+600 (Лөкөчөөн); а/д «Вилюй» км 634+500 (Ороһуу); а/д «Вилюй» км 1013+442 (Тойбохой); а/д «Бороҕон» км 95+200 (Бороҕон); а/д «Халыма» км 149+667 (Мугудай); а/д «Лена» км 648 (Алдан); а/д «Лена» км 374+400 (Нерюнгри).
Камералар туруоруллубут каарталарын Суол управлениетын саайтыгар билсиэххитин сөп.
This post was published on 18.04.2024 12:29 12:29