Саха сиригэр судаарыстыбаннай наҕараадалары ылбыт ийэлэргэ «Үлэ бэтэрээнэ» аат иҥэриллэр буолуоҕа. Тустаах сокуон барыйыагын Ил Түмэҥҥэ киллэриэхтэрэ, диэн регион бырабыыталыстыбатын мунньаҕар эттилэр.
Докумуоҥҥа сурулларынан «Үлэ бэтэрээнэ» аат «Мать-героиня», «Высшая благодарность матери» уонна «Материнская слава» I, II, III степеннэрэ судаарыстыбаннай наҕарааданы ылбыт ийэлэргэ бэриллэр. Дьахталлар, маны сэргэ, страховой ыстаастара өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 10 сылтан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
«Үлэ бэтэрээнэ» ааты туттарыы бэрээдэгин судургутутар былаан Арктика оройуоннарыгар олорор түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ийэлэргэ баар. Кинилэр үлэлэрин ыстааһа оройуоннарыгар 10 сыл буолуохтаах.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко бэлиэтээбитинэн, ийэ буолууну өйөөһүн — регион салалтатын кэлэр сылларга сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ буолар. Төһө да Ийэ сыла ааспытын иһин, өйүүр миэрэлэр эбиллэн иһиэхтэрэ.
This post was published on 16.03.2023 17:01 17:01