Саха сиригэр судаарыстыбаннай кинигэ кыһата тэриллибитэ 95 сыла

Бүгүн Саха сиригэр судаарыстыбаннай кинигэ кыһата тэриллибитэ 95 сыла! 1926 сыллаахха обкуом бүрүөтүн от ыйын 30 күнүнээҕи дьаһалынан уонна САССР Норуодунай комиссардарын сэбиэтин уурааҕынан Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай кинигэ кыһата (Якутгосиздат) тэриллибитэ. Кыһа үйэ кэриҥэ ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбит историята – өрөспүүбүлүкэбит төрүттэниитин, олохтонуутун кытары ыкса ситимнээх. Ол курдук дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ буолбут олох араас очурун-чочурун туораан, уустук кэмнэри уҥуордаан, бүгүҥҥү күҥҥэ «Айар» кыһа ыытар үлэтэ-хамнаһа суолталааҕын, олус наадалааҕын национальнай диэн статустааҕа да туоһулуур.


Биһиги үлэбит киэҥ эйгэни хабарынан универсальнай кыһа буолабыт. Икки судаарыстыбаннай тылынан – нууччалыы уонна сахалыы, ону таһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин 5 официальнай –  эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукча, долган – тылларынан бары эйгэни хабан: үөрэх, оҕо кинигэлэрин, ыйынньык, энциклопедия, научнай-популярнай, уус-уран, араас альбом, нуоталаах ырыанньыктары таһаарабыт.

Кыһа төрүттэниэҕиттэн 18,4 тыһ. араас кинигэ бородууксуйата уопсайа 76,5 мөл. экземплярынан оҥоһулунна! Ол аата мөлүйүөнүнэн кинигэ үөрэх-сайдыы, ситиһии суолугар сирдээтэҕэ. Бу ситиһиигэ убаастыыр ааптардарбыт, биир идэлээхтэрбит, партнердарбыт киллэрбит кылааттарын олус үрдүктүк сыаналыыбыт. Түгэнинэн туһанан, «Якутия» медиа-холдинг, «Деал», «Парето-принт», «Идел-Пресс», «Дальпресс», «Уральскай рабочий», Чеховтааҕы полиграфическай кэмбинээт, о.д.а. типографияларга, Арассыыйа кинигэ таһаарааччыларын ассоциациятыгар (АСКИ); «Книжнай маркет», «Мир знаний», «Терминал-книга» кинигэни атыылыыр маҕаһыыннарга, ону тэҥэ олус элбэх чааһынай тарҕатааччыларбытыгар махтал тылларын тиэрдэбит.

95 сыл усталаах-туоратыгар күндү ааҕааччыларбытын, суруйааччыларбытын, айар куттаах ааптардарбытын, сыралаах үлэлээх библиотекаларбыт үлэһиттэрин кытта ыкса үлэлии сылдьабыт. Бу ситими 2020 сыллаахха Саха сирэ Арассыыйа «Саамай ааҕар региона» үрдүк ааты ылбыта туоһулуур.

Балысханнык сайдар аныгы кэм киллэрэр уларытыылара, сайдыыта, билиҥҥи кэм тоҕоостоох кыһалҕалара күн да аайы уларыйар тэтимнэннэ. Ону кытта саҥа саҕах арыллар, таһаарар тиэмэ кэҥиир, инники күөҥҥэ тугу туруорарбыт тобуллар, ааҕааччыларбыт баҕалара учуоттанар. Бу барыта кинигэ көрүҥэ, ис хоһооно, тас көстүүтэ, идиэйэтэ, о.д.а. уратылаах буоларын ирдиир, уларытар-тэлэритэр. Электроннай, аудио кинигэлэри сэргэ эгэлгэ функциялаах мультимедийнай, интерактивнай кинигэлэр баар буоллулар – муусука, хоһоон, оонньуу, анимация барыта бииргэ түмүллэр сыһыарыылара. Бу биир өттүнэн сайдыы биир көрүҥэ диибит, атын өттүнэн үгэскэ кубулуйбут кумааҕы кинигэлэрбит тахсар ахсааннара аччыыр, атыыга барара бытаарар. Билигин ханна баҕарар кинигэ кыһаларыгар олус уустук кэм кэллэ. Урут күөх экирээнниин, киинэ эйгэтиниин күрэстэһии эбит буоллаҕына, билигин аан ситим (интэриниэт), көмпүүтэр оонньуулара – IT баһылыыр-көһүлүүр миэстэлээх. Онон саҥалыы көрүү, сыһыан, толкуй, маркетинговай быһаарыы элбэҕи быһаарар буолла.

Уустуктартан чаҕыйбакка үлэни өрө тутуу, ил-эйэ, биир санаанан үлэлиир сатабыл, креативнай толкуй – биһиги кыһабыт сүрүн уратыта. Тэрилтэҕэ 60-тан тахса киһи үлэлиир, күүстээх санаалаах, өйдөөх, талааннаах, умсугуйан туран үлэлиир, олоххо сыаллаах-соруктаах, эппиэтинэстээх, түргэн-тарҕан туттунуулаах, араас түгэҥҥэ түргэн быһаарыныыны ылына охсор, хаһан баҕарар олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хаамсарга бэлэм, сайдыы суолун батыһар, үлэ түмүктээх буоларын иилиир-саҕалыыр айымньылаахтык үлэлиир исписэлиистэр бааллар. Кинилэр хас биирдиилэрэ бэйэлэрин дьоһун кылааттарын күннэри-түүннэри киллэрэ, айа-тута сылдьаллар. Инньэ гынан олох, үлэ уустук да, кыайыы кынаттаах да тургутууларын түмсүүлээхтик үлэлээн бииргэ үллэстэбит. Күнтэн күн биир хайысхалаах өй-санаа, дьулуур, биир ньыгыл күүс элбэҕи быһаарар кыахтааҕын итэҕэйэбит. 95 сыллаах устуоруйабыт тухары үгүс киһи кыһаҕа үлэлээн аастахтара. Кинилэргэ, кыһабытын төрүттээбит чулуу дьоммутугар, билиҥҥи ситиһиилэргэ олук уурсубут биһиги бэтэрээннэрбитигэр, махтал тылларын этэбит.

Олохпут түһүүлээх-тахсыылаах да буолбутун иһин, онтон өссө уопутуран, уустуктары туораан, кыаҕыран сайдыыны саҕа туруохпут диэн эрэнэбит, итэҕэйэбит.

Суруйааччыларбытын, бары ааптардарбытын, кэллиэгэлэрбитин, партнердарбытын, күндү ааҕааччыларбытын барыбытыгар сыһыаннаах үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Өр сыллаах, силистээх-мутуктаах, суруллубута суоруллубат устуоруйалаах бииргэ үлэлэһиибит иһин махтанабыт. Тус бэйэҕитигэр, чугас дьоҥҥутугар чэгиэн туругу уонна ситиһиини баҕарабыт.

Август Егоров, кыһа генеральнай дириэктэрэ

This post was published on 30.07.2021 09:23 09:23