Саха сиригэр өссө да түөрт нэһилиэнньэлээх пуун тиэргэннэрэ ууга олороллор

Саха сиригэр Арҕахтаах, Сыбаатай, Налимскай уонна Колымскай сэлиэнньэлэрин тиэргэннэрэ ууга тураллар.

“Бүгүҥҥү туругунан 4 нэһилиэнньэлээх пуун ууга олорор. Дьиэлэр ууттан босхолоннулар эрээри, 173 киһи олорор тиэргэниттэн уу түһэ илик”, — диэн иһитиннэрдэ Нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга госкэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцев Саха сирин премьерэ Евгений Чекин оройуоннар баһылыктарын кытта ыыппыт мунньаҕар.

Григорий Фоменко.

This post was published on 20.06.2018 14:09 14:09