Саха сиригэр өссө биир муус суолу арыйдылар

Хаартыска: Эҥсиэли хаһыат

Үөһээ Бүлүү оройуонугар Бүлүү өрүскэ Үөһээ Бүлүү — Хоро муус суолун арыйдылар. 4 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тырааныспар сырыыта көҥүллэнэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр барыта үс муус суола үлэлиир, диэн Россия ЫБМ регионнааҕы управлениетыттан иһитиннэрдилэр.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү оройуонугар, Өлөөн уонна Эдьигээн муус суоллар арылыннылар. Өлөөн — Харыйалаах уонна Эдьигээн – аэропорт хайысхаларынан 3 туоннаҕа тиийэ уйуктаах тиэхиникэҕэ көҥүл.

Муус суолу бэлэмнээһиҥҥэ, тиэхиникэ сырыытыгар муус туруга куттала суох халыҥаатаҕына, туруналлар.

This post was published on 11.11.2025 15:32 15:32