Саха сиригэр бүтэһик сууккаҕа эбии алта баһаары умуруордулар, уопсай иэнэ 3,3 тыһ гектар. Ойуур уота Алдан, Кэбээйи, Амма, Нам, Өлүөхүмэ, Уус Майа, Уус Алдан оройуоттарыгар турбута.
Ол туһунан бэс ыйын 17 күнүгэр брифиҥҥэ кылаабынай лесничэй Андрей Коноплев эттэ.
Авиационнай уонна космическай мониторинг көрдөрбүтүнэн, саҥа 26 ойуур баһаара баара билиннэ. Барыта этиҥтэн таҕыста. «Балар нэһилиэнньэҕэ уонна экономика эбийиэктэригэр куттала суохтар», – диэтэ Коноплев.
Билигин күн саҕаланыытыгар Саха сиригэр 92 ойуур уота баар, уопсай иэнэ 147 тыһ га. Биэс умайыыны Амма, Нам, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Майа территорияларыгар тохтоттулар. Барыта 782 киһи уонна 41 техника үлэлиир. Авиация көтөр.
This post was published on 17.06.2024 12:01 12:01