Саха сиригэр баар социальнай суолталаах ас-үөл саппааһа өр кэмҥэ дьону хааччыйар кыахтаах. Региоҥҥа күннэтэ розничнай атыы- эргиэн ситимигэр уонна оптовай ыскылааттарга саппаас мониторинга ыытыллар. Бу туһунан СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирин солбуйааччы Максим Прокопьев иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр предпринимательство миниистирин солбуйааччы Максим Прокопьев иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн розничнай ситимнэргэ, оптовай ыскылааттарга ас-үөл саппааһын күүскэ хонтуруоллууллар, күннэтэ бэлиэтииллэр. Мониторинг отчуотун дойду уонна регион салалтатыгар ыыталлар.
«Кулун тутарга ас-үөл эргиэн сорох пууннарыгар кыһалҕалар бааллара, аһара элбэх киһи эмискэ ас атыылаһа сүүрбүтэ, ажиотаж этэ. Билигин өреспүүбүлүкэ үрдүнэн социальнай суолталаах ас-үөл линейкатынан хааччыллыы 60-тан тахса хонукка тиийэр, оттон бородуукталар сорох көрүҥнэринэн хааччыллыы сыл аҥарыгар тиийэр, ол эбэтэр сыл бүтүөр диэри биһиги сорох табаардарынан толору хааччыллан олоробут», — диэтэ миниистири солбуйааччы.
This post was published on 06.05.2022 10:01 10:01