Саха сиригэр үөскүүр балыктар генофондаларын тэрийиэхтэрэ

Саха сиригэр үөскүүр балыктар генофондаларын тэрийиэхтэрэ. Бу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко ыыппыт мунньаҕар кэпсэттилэр. Балык ыамаларын өрөспүүбүлүкэ өрүстэрин балыгынан хаҥатыыга туһаныахтара. 


Өрөспүүбүлүкэҕэ баар балыктар генофондаларын Чернышевскайдааҕы балык собуотугар тэрийиэхтэрэ. Маныаха саҥа куорпус тутуллара былааннанар. Балык ыаматын төрөтөр наадатыттан ийэ үөрүн тэрийиэхтэрэ.

Ордук уомул, күндүөбэй, чыыр, муксуун, туут балыктары ууһатыахтара.

This post was published on 13.04.2021 15:03 15:03