Саха Өрөспүүбүлүкэтин бюджетыттан мелиоративнай үлэлэргэ быйыл аан бастакытын 100 мөл солк көрүллүбүтүн туһунан суруйан турабын.
Докумуоҥҥа олоҕуран сири кытта үлэлиир, ол эбэтэр быраҕылла сытар бааһыналары, ходуһалары чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэр, оҕуруот, от олордор дьоҥҥо субсидия көрүллэр.
Бюджеттан 80 бырыһыана, хаһаайыстыба кыттыгаһа 20 бырыһыан.
Бэс ыйын 14 – 24 күннэригэр тэриллиилээх хаһаайыстыбалартан, индивидуальнай предпринимателлэртэн сайаапка хомуйуллубута.
Сайаапкалары көрүү от ыйын 4 күнүгэр буолла, субсидия ылааччылар ааттара билиннэ.
Барыта 66 сайаапка киирбититтэн 31-гэр аккаастанылынна. Биричиинэтэ ыйылынна.
35 киһини кытта тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ дуогабардары түһэрсиэҕэ.
This post was published on 07.07.2023 14:41 14:41