Саха сиригэр сылы эргиччи үлэлиир сир аннынааҕы хайыһар трассатын тутуу туһунан Дьокуускайга буолбут Норуоттар икки ардыларынааҕы научнай конференцияҕа эттилэр. Тэрийээччилэринэн Россия спорка министиэристибэтэ, регион бырабыыталыстыбата уонна Чурапчытааҕы спорт уонна физкультура института буоллулар.
«Өскөтүн биһиги трассаны сир анныгар оҥордохпутуна, өрөспүүбүлүкэҕэ «Азия оҕолоро» Кыһыҥҥы Оонньууну ыытар кыах үөскүүр. Биһиэхэ Алдаҥҥа хайыһардьыттары бэлэмниир федеральнайдааҕы киин баар уонна биһиги усулуобуйабыт — ирбэт тоҥ», — диэн бэлитээтэ Ил Түмэн дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо сааска, ыччакка, физкультураҕа уонна спорка сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Баишев.
Ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар ураты объегы тутуу туһунан этиини СӨ предпринимательство дьыалаларыгар уонна туризм сайдыытыгар министиэристибэтэ киллэрбитэ.
Сир аннынааҕы хайыһар трассатын тутуу сылы эргиччи дьарыктаныыга, предпринимателлэри уонна туристары көҕүлүүргэ кыаҕы биэриэҕэ.
This post was published on 09.07.2016 16:58 16:58