Саха сиригэр сэттэ ойуур баһаара нэһилиэнньэлээх пуун таһыгар баара бэлиэтэнэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

ЫБММ оһуобай хонтуруолугар нэһилиэнньэлээх пуун аттыгар сэттэ ойуур баһаара баар. Ол туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйда.

Ленскэйгэ Турукта сэлиэнньэтиттэн 8 км сиргэ баар, иэнэ 26 га. 13 киһи умуруорууга кыттар. Өлүөнэ эбэ аттынан устар.

Нерюнгрига Хани сэлиэнньэтигэр сопкаҕа уот турда. Тулатыгар минеральнай балаһа уурулунна. Иэнэ — 1178 га, 40 киһи уонна үс техника үлэлиир. Нэһилиэнньэлээх пууну харыстыырга «РЖД» ААУо баһаарынай поеһа бэлэм.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-sem-lesnyh-pozharov-dejstvuyut-vozle-naselennyh-punktov/

This post was published on 08.07.2024 12:08 12:08