Саха сиригэр сэттэ айылҕа баһаара бэлиэтэннэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ойуур баһаара тахсар кутталлаах сезон саҕаланыаҕыттан, Саха сиригэр сэттэ ойуур баһаара бэлиэтэннэ, уопсай иэнэ 116 га. Үс уот Амма улууһугар уоту сэрэҕэ суох туттууттан таҕыста, ЫБММ Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрдэ.

Баһаары кэтээн көрөөччүлэр киирбит тыллабырынан бэрэбиэркэ ыыталлар. «Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, Аммаҕа буолбут баһаардар уоту сэрэҕэ суох туттууттан таҕыстылар: табаах, кураанах оту уматыы уонна кутаа уота», — диэн биэдэмистибэҕэ эттилэр.

Санаттахха, Саха сиригэр ойуур баһаара тахсыан сөптөөх сезон ыам ыйын 6 күнүттэн биллэриллибитэ.

This post was published on 13.05.2024 16:01 16:01