Саха сиригэр сэтинньигэ сылаас буолара күүтүллэр

Быйыл Саха сиригэр сэтинньи, урукку сыллардааҕыларга тэҥнээтэххэ, сылаас буолара күүтүллэр. 

Сылаас күн-дьыл Поволжьеҕа, Предуральеҕа, Уралга, Илиҥҥи Сибиир хотугу өттүгэр уонна Красноярскай кыраай хоту эргимтэтигэр, Чукоткаҕа эмиэ бэлиэтэниэҕэ. Ити эрээри килиимэт уратылаһар, суруйар Российская газета.

Саха сиригэр, регион хоту өттүгэр, түүнүн 40 кыраадыска диэри тымныйыан сөп. Күнүһүн хотугу оройуоттарга 20-25 кыраадыс тымныы.

Борогунуос барыллаан суоттааһын буолар. Чуолкай дааннайдар алтынньы бүтүүтэ тахсыахтара.

This post was published on 21.10.2021 13:01 13:01