Россия территориятыгар сэтинньи 6 күнүгэр температура нуорматтан 6-10 кыраадыһынан сылаас буолара күүтүллэр. Атлантическай салгын маассатын кытта бу көстүү сибээстээх.
Сылыйыы Красноярскай кыраайга, Магадан уобалаһыгар уона Саха сирин илин өттүгэр бэлиэтэниэҕэ, ТАСС-ка Гидрометкиин научнай салайааччыта Роман Вильфанд эттэ.
«Субуотаҕа олус интэриэһинэй борогунуос буолара күүтүллэр. Дойду территориятыгар сылыйыы бэлиэтэниэ. Сибиир соҕуруу өттүгэр: Забайкальскай кыраайга, Иркутскай уобалас соҕуруутугар, Хакасияҕа эрэ уларыйыы тахсыбат«, — диэтэ кини.
Улахан сылыйыы Красноярскай кыраайга, Магаданскай уобаласка уонна Саха сирин илин өттүгэр бэлиэтэниэҕэ.
This post was published on 03.11.2021 15:01 15:01