Саха сиригэр сэдэх ыарыһахтары эминэн хааччыйар туһугар эбии 231 мөл. солк. көрдүлэр. Маннык быһаарыыны өрөспүүбүлүкэ экономикатын туруктаах сайдыытын оперативнай штабын мунньаҕын түмүгэр ылылыннылар, диэн СИА кэпсиир.
Бүгүн, кулун тутар 21 күнүгэр, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев санкциялар содулларын туоратыыга соруктары быһаарыыга оперативнай штаб мунньаҕын ыытта. Өрөспүүбүлүкэ экономикатын миниистирэ Майя Данилова оперштаб эбии ылыммыт быһаарыыларын тустарынан кэпсээтэ. Кини ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сирин экономикатын сүрүн салааларын өйүүргэ 14,1 млрд солк. сууманы көрбүттэрин санатта. Бүгүҥҥү мунньахха сэдэх ыарыылары эмтииргэ туһаныллар эмптэр резервэлэрин оҥорууга 231 мөл. солк. Доруобуйа харыстабылын эбии үбүлүүр туһунан быһаарыыны ылыннылар.
«Быйыл Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр 2,6 млрд солк. көрүллүбүтэ уонна онно эбии бүгүн сэдэх ыарыһахтары эминэн хааччыйарга 231 мөл. солк. аныыр туһунан быһаарыы ылылынна», — диэтэ кини.
This post was published on 21.03.2022 15:01 15:01