Ньурбаҕа «САТА-2023» XII өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл түмүктэннэ. 11 номинациянан кыайыылаахтар билиннилэр, маны сэргэ алта анал бириис туттарылынна. Куонкуруска өрөспүүбүлүкэ аҕыс театра 12 испэктээгинэн кытынна.
Бэстибээл Нюрба театрыгар кулун тутар 29 — муус устар 2 күннэригэр буолла. Экспертиир жюри сыаналаата. Түмүктүүр туруорууну Олоҥхо театра «Кыырай халлаан кыргыттара» испэктээгинэн оҥордо.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Россия театральнай кириитиктэрэ Глеб Ситковскай (бэрэссэдээтэл), Жанна Зарецкая, Оксана Кушляева, театровед Надежда Осипова уонна режиссер Сергей Потапов үлэлээтилэр.
Кыайыылаахтарынан буоллулар:
— «Лучшее световое оформление спектакля» — Стас Свистунович, «Лес» испэктээк, Саха театра;
— «Лучшая музыка в спектакле» — Байар Такшин, «Лес», Саха театра;
— «Лучшая работа художника по костюмам» — Дора Айкуо Тихонова, «В чаще», КМНС театра;
— «Лучшая работа художника-постановщика» — Светлана Струкова, «Китайские истории», Нерюнгри куукула театра;
— «Лучшая мужская роль второго плана» — Алгыс Николаев, Матэ оруола, «Проклятое стойбище» испэктээк, КМНС театра;
— «Лучшая женская роль второго плана» — Мария Мигалкина, Варвара оруола, «Гроза», Ньурба театра;
— «Лучший мужской актерский дуэт» — Евгений Кузьмин уонна Дмитрий Трофимов, «Академия смеха», Нуучча академическай драмтеатра;
— «Лучшая женская роль» — Василина Баланова, «Кыырай халлаан кыргыттара», Олоҥхо театра;
— «Лучший детский спектакль» — «Навстречу солнышку», Нерюнгри куукула театра;
— «Лучшая работа режиссера» — Маргарита Васильева, «Гроза», Ньурба театра;
— «Лучший спектакль» — «В чаще», КМНС театра.
РФ уонна Саха сирин үтүөлээх артыыһа Петр Николаев аатынан бириэмийэ туттарылынна. Саха бастакы поэтессата Варвара Потапова айар үлэтин тарҕатыыга бириэмийэ лауретынан Татьяна Хомподоева ааттанна. Театр искусствотын СМИ-га сырдатыыга Анастасия Амбросьева аатынан бириэмийэни «Якутия» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Күннэй Еремееваҕа, Борис Васильев аатынан бириэмийэни музыкальнай киэргэтиигэ Стас Фокиҥҥа Ньурба театрыгар туттардылар.
«Гроза» испэктээккэ Кабаниха уобараһын уратытык толорон Александра Кривогорницына (Ньурба театра) анал бириис тутта. «Мать манкурта» испэктээккэ миф уонна реальность алтыһыытын көрдөрөн, Софья Баранова (Саха театра) бэлиэтэннэ. Анал бирииһи «Проклятое стойбище» испэктээгинэн КМНС театра ылла. Театральнай кириитиктэр ассоциацияларын дипломун режиссер Сергей Потаповка «Лес» уонна «В чаще» испэктээкиллэрин иһин анаатылар.
This post was published on 03.04.2023 14:25 14:25