17 Муус устар 17.04
  • -5°
  • $ 82,59
  • 93,34

Саха сиригэр сарсын хаар уонна ардах түһэрин синоптиктар эттилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сирин циклон бүрүйдэ, күүстээх сөҥүү түһүөҕэ. Чэппиэргэ, муус устар 10 күнүгэр, Амма, Хаҥалас, Алдан, Нерюнгри оройуоттарыгар хаар, инчэҕэй хаар, күнүс ардах түһүөҕэ.
Алдаҥҥа уонна Нерюнгрига күүстээх тыал, 20 см тиийэ, УГМС сэрэтэр.

Түүн киин улуустарга -1… -6 кыраадыс, хотугулуу-илин -8… -13, арҕаа -15… -20, арыллар кэмигэр -20… -25. Түүн хотугулуу-илин -30 кыраадыс.

Киин улуустарга күнүс 0… +5. Соҕуруулуу-илин +5… +10. Арҕаа, хоту сөҥүү түһэр кэмигэр 0… -5. Хотугулуу-арҕаа -8… -13.

Дьокуускайга инчэҕэй хаар, тыал күүһүрэр кэмигэр 13 см тиийиэҕэ. Түүн -3… -5. Күнүс +1…+3.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА