Саха сиригэр 53 тыһыынча оҕо эбии үөрэх уонна уруок кэнниттэн дьарык бырагырааматынан хабыллар. Бу туһунан үөрэх министиэристибэтигэр СИА-ҕа эттилэр.
Үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев эппитинэн, сайыҥҥы өттүгэр 52 998 оҕо тэрээһиннээх дьарыкка хабыллар (1 — 11 кылаас оҕолорун уопсай ахсааннарыттан 36,7%). Бэс ыйын 15 күнүттэн 253 тэрилтэ 27 оройуоҥҥа 14 264 оҕону сайыҥҥы өттүгэр дьарыктыыр үлэни саҕалыаҕа.
Бу хайысхаҕа саамай үчүгэй көрдөрүүлээҕинэн: Абый, Алдан, Амма, Үөһээ Халыма, Горнай, Эдьигээн, Нам, Уус-Майа, Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустара ааттаннылар.
Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров Чычымах сэлиэнньэтин уопутун кэпсээтэ.
“Чычымахха 13 дьиэ кэргэн биригээдэтэ оҕуруот олордуутугар үлэлиир. Онно анаан сир түҥэппиппит. Маннык дьаһаныы оҕону дьиэ кэргэҥҥэ үлэҕэ үөрэтиигэ олус туһалаах дии саныыбыт”, — диэтэ кини.
This post was published on 11.06.2020 16:02 16:02