Муниципальнай тэриллиилэргэ бурдук, хортуоппуй, оҕуруот аһын олордууга, үүннэриигэ 220 мөл солк көрүлүннэ, бу бюджет сыллааҕы былааныттан 87%. Үбүлээһин хаһаайыстыбаларга муус устарга барар, суруйда регион салалтатын пресс-сулууспата.
Сааскы ыһыы үлэтин хаамыытын бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местниковка мунньахха көрдүлэр. Онно этиллибитинэн, сааскы ыһыы үлэтэ ыам ыйын иккис-үһүс декадатыгар саҕаланар, биир сыллаах оту ыам ыйын үһүс декадатыгар ыһарга бэлэмнииллэр.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров эппитинэн, муус устар 17 — 23 күннэригэр «Кормопроизводство» бырагырааманан муниципалитетарга үбүлээһин көрүүтүгэр куонкурус буолар, суумата 175 мөл солк. Барыллаан суоттааһынынан, муниципалитеттар харда төлөбүрдэригэр холбоон 180 мөл солк угар былааннаахтар.