Саха сиригэр сааскы булт көҥүллэннэ

Бу күннэргэ үгүс эр дьон сааскы булт көҥүллэнэрин-көҥүллэммэтин күүтэн олорбута.


Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 1 күнүнээҕи, күнүс 14.00 ч. анал брифинигэр сааскы булду, кэккэ хааччахтардаах, көҥүллүүр туһунан Ыйаахха илии баттаабытын иһитиннэрдэ. Онон СӨ Экологияҕа министиэристибэтин сайтыгар быйыл сааскы булт улуустарынан көҥүллэммит кыраапыга дьиҥнээҕинэн ааҕыллар.

Источник: http://www.sakhaparliament.ru/sa/uopsastiba/sette-kyn/787-sakha-siriger-saasky-bult-k-llenne

This post was published on 01.05.2020 15:32 15:32