Сааскы булт хайаан да көҥүллэниэҕэ, бу туһунан Айсен Николаев ГТРК «Саха» телеханаалыгар «Прямой разговор» биэриигэ эттэ, суруйар СИА.
«Ыйаах бэлэмнэнэр. Сааскы булт болдьоҕор ханнык эрэ хааччахтыыр миэрэлэр киириэхтэрэ дии санаабаппын. Ити эрээри куһу олордон бултааһыҥҥа бардыбыт диэн баран, атын булка барааччылар баар буолуохтарын сөп. Маннык гынары мин сүбэлиэм суох этэ, бу сыыһа», — диэтэ Айсен Николаев.
Баһылык эппитинэн, куһу олордон бултааһыҥҥа болдьох эрдэ саҕаланар, ону сорохтор туһана сатыыллар.
«Баһаалыста итинник гынымаҥ. Болдьохтор тахсыахтара, ону булт иниспиэктэрдэрэ уонна ис дьыала уоргаттарын бэрэстэбиитэллэрэ хонтуруоллуохтара», — диэтэ кини.
This post was published on 01.04.2021 13:28 13:28