Дьокуускай куоракка 990 миэстэлээх оскуола тутуутун түмүктүүр түһүмэҕэр киирдилэр. Инженернай ситим таҥылынна, түннүгэ туруорулунна. Сыл бүтүөр диэри «Прометей» микрооройуоҥҥа Уткин аатынан уулуссаҕа «Үөрэҕирии» нацбырайыак чэрчитинэн аныгылыы оскуола дьэндэйиэҕэ, СИА-ҕа тутуу министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
«Саамай улахан оскуола тутуута бүгүн 85% тэҥ. Үс этээстээх эбийиэк иэнэ — 14 806 тыһ кв м. Тутааччылар ис бараанын үлэтигэр киирдилэр. «Прометей» тэрилтэ тутуу матырыйаалын ылан олорор, онон былаан быһыытынан үлэ барар. Эрдэ ылыллыбыт оборудование эмиэ чаас-чааһынан кэллэ», — тутуу миниистирин бастакы солбуйааччыта Галина Новикова иһитиннэрдэ.
Эбийиэккэ 50 киһи үлэлиир, кинилэр ис үлэҕэ уонна кирилиэстэри оҥорууга ылыстылар. Муостаны, истиэнэни сыбааһын, тэҥнээһин, бүрүйүү барар. Көрүдүөр муостата керамограниттан оҥоһуллара былааннанар.
Саҥа оскуолаҕа 990 оҕо үөрэниэхтээх. Үөрэнэр кылаастар, медблок, ааҕар саалалаах библиотека, мастарыскыайдар, 330 киһи олорон аһыыр остолобуой, 250 миэстэлээх артыыстар гримернай, көстүүмнэй киирсэр аактабай саала уонна спортивнай саалалаах буолар.
Оскуола территориятыгар стадионнаах, сүүрэр суоллаах, оҕолор сынньанар сирдээх.
This post was published on 05.05.2022 08:59 08:59