Саха сиригэр саамай уһун үйэлээх дьонноох улууһу эттилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

«2024 сылга Мииринэй 76,86 сааһы көрдөрдө. Муома улууһа 63,12 сылы. Араастаһыыта 14 сыл», — доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева биэдэмистибэ мунньаҕар эттэ.

Кини эппитинэн, уһун үйэлэнии динамиката Мииринэйгэ, Булуҥҥа уонна Дьокуускайга бэлиэтэнэр.

Саха сиригэр орто көрдөрүү 2024 сыл тохсунньу — ахсынньы ыйдарга 72,9 сыл, Уһук Илин федеральнайдааҕы уокурук атын регионннарыгар холоотоххо, 4,3 сылынан элбэх. Саха сирэ Приморскай, Хабаровскай кыраайдары уонна Сахалинскай уобалаһы куоһарар.

This post was published on 28.03.2025 11:01 11:01