Саха сирин салалтата уонна “Россия бөртөлүөттэрэ” холдинг салгын суудуналарын биэрии туһунан кэпсэттилэр. Кэпсэтии ТВС-2ДТС диэн Ан-2 солбуйар сөмөлүөт эрэ туһунан буолбакка, регион бөртөлүөтүн пааркатын саҥардар туһунан буолла.
Көрсүһүүгэ бастакы вице-премьер Алексей Колодезников, тырааныспар уонна суол хаһайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Александра Рофе, “Вертолеты России” АУо генеральнай дииэктэрэ Андрей Богинскай кытыннылар.
Элбэх сыалга туһаныллар ТВС-2ДТС сөмөлүөтү сериянан оҥорон таһаарыы Улан-Үдэтээҕи авиация собуотугар ыытыллыаҕа. Билигин бу тэрилтэҕэ бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна. “Вертолеты России” АУо салалтата саҥа сөмөлүөтү Дьокуускайга муус устар ый саҥатыгар презентациялыырга бэлэмин туһунан иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүн бөртөлүөт тиэхиньикэтин паарката эргэриитин кыһалҕата турар. Бөртөлүөт көмөтүнэн эрэ Саха сирин Арктикаҕа сытар уонна хайалаах 16 оройуонугар пассажирдары таһыы 70 быр. хааччыллар. Манан сибээстээн, Ми-8 МТВ бөртөлүөттэринэн хааччыйыыны улаатыннарар туһунан кэпсэттилэр. Федеральнай бүддьүөттэн судаарыстыбаннай өйөбүл лимиитин улаатыннаран, өрөспүүбүлүкэҕэ санитарнай авиацияны сайыннарыыга эбии үс бөртөлүөтү биэрэр туһунан этии киирдэ.
This post was published on 30.03.2018 16:54 16:54