«Интер РАО» хампаанньа Саха сиригэр саҥа электроыстаансыйа тутуутун бырайыагын оҥорор. Эбийиэк Илиҥҥи полигон кэҥииригэр эбии энергия биэриэҕэ уонна саҥа 500 үлэ миэстэтин таһаарыаҕа.
Саҥа электроыстаансыйа тутуутун туһунан өрөспүүбүлүкэ премьера Андрей Тарасенко эттэ. Саха сирин былааһа уонна хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ ыстаансыйа турар сирин быһаарыыга хас да варианы көрүөхтэрэ. Манна транспортнай схематтан, гаас ситимиттэн, уокка холбонуу табыгаһыттан быһаарыы олус тутулуктаах буолуоҕа.
«Интер РАО — Управление электрогенерацией» тэрилтэ гедириэктэри экономикаҕа солбуйааччыта Иван Смирнов эппитинэн, эбийиэк күүһэ 550 МВт.
Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээбитинэн, саҥа күүстээх-кыамталаах эбийиэктэр тутуулара өрөспүүбүлүкэ уонна Уһук Илин экономикатын сайдыытыгар улахан оҥкулу түстүөхтэрэ.
This post was published on 06.10.2022 16:31 16:31