22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр саҥа баһаардар үөскээбэтилэр

11:14, 06 сентября
Хаартыска: РФ ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Авиалесоохрана иһитиннэрэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 43 тыһ. тахса га уопсай иэннээх биэс ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Умуруорууга 280 киһи кыттар уонна биир кэлим систиэмэттэн (РСЧС) 23 тиэхиньикэ үлэлиир, диэн НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Үөһээ Бүлүүгэ турбут икки баһаары Сүрүн управление анал хонтуруолугар ылла.

«Суукка иһигэр саҥа баһаардары булбатылар. 43,1 тыһ. га иэннээх үс улахан баһаар өссө да баар. Биэс килэмиэтирдээх балаһаҕа баһаардар суохтар. Космостан көрүү-истии (НЦУКС) көрдөрүүтүнэн, буруо суоҕа бэлиэтэнэр. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар куттал суох», — диэн РФ ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын Сүрүн управлениетын салайааччыта Павел Гарин эттэ.

Балаҕан ыйын 5 күнүгэр Нерюнгри, Мииринэй, Өймөкөөн улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка салгыны аҕыста чинчийдилэр. Чинчийии түмүгүнэн салгын хаачыстыбата нуормаҕа тэҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар