Бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы үгэс буолбут мунньахтара саҕаланар. Онно түбэһиннэрэн дойду үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччы, статс-сэкиритээр Павел Зенькович Дьокуускайга кэллэ.
Зенькович «Бэс чагда» оҕо киинигэр сылдьыаҕа уонна үрдүк үөрэх кыһаларын ректордарын мунньаҕар кыттыаҕа. Статс-сэкиритээри Саха сиригэр үөрэх уонна наука миниистирэ Владимир Егоров уонна кинини солбуйааччы Юрий Семенов көрүстүлэр. СИА.