Кулун тутартан өрүстэргэ сэрэхтээх сирдэргэ мууһу эрбээһин, хараардыы, ыраастааһын ыытыллыаҕа. Наада буоллаҕына эстэрии үлэтэ барыаҕа. Муус харыыта Өлүөнэ, Алдан, Амма уонна Халыма эбэлэргэ тахсыан сөп.
Ордук болҕомто инженернай уонна гидротехнических тутууларга ууруллар, олортон нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабата улахан тутулуктаах.
Халаан уутугар ылларыан сөп диэн 121 нэһилиэнньэлээх пуун суруллар, манна 24 тыһыынчаттан тахса киһи олорор.