Саха сиригэр өрүстэр 1-4 хонугунан эрдэ усталлара күүтүллэр. Билигин биллэринэн, Хаҥалас оройуонугар уонна Дьокуускайга ыам ыйын 13-16 күннэригэр муус барыах курдук. Бу туһунан Саха сиринээҕи МЧС пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сиринээҕи гидрометеосулууспа дьаһалтата, Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар Өлүөнэ өрүс ыам ыйын 4-13 күннэригэр, Хаҥалас улууһугар уонна Дьокуускайга ыам ыйын 13-16 күннэригэр, Кэбээйи улууһугар ыам ыйын 17-19 күннэригэр, оттон өрүс тамахтарыгар ыам ыйын бүтүүтэ муус хамсааһына күүтүллэр, диэн сабаҕалыыр.
Ыам ыйын иккис декадатын устатыгар Алдан, Бүлүү уонна Аллараа Халыма өрүстэрэ арыллыахтара, ити 1-3 хонугунан нуорматтан эрдэ. Саха сирин хоту уонна хотугулуу-илин өрүстэригэр муус ыам ыйын үһүс декадатыгар эбэтэр бэс ыйын саҥатыгар устара күүтүллэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, сааскы халаан куттала суох ааһыытын тоҕус оперативнай бөлөхтөр икки ардыларынааҕы биэдэмистибэлэрэ хааччыйыахтара. Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү, Амма, Халыма, Индигир уонна Дьааҥы өрүстэр сүрүн кутталлаах сирдэригэр быыһааччылар, гидрологтар, дэлби тэптэрээччилэр, судаарыстыбыннай былаас боломуочуйалаах уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ үлэлиэхтэрэ.
This post was published on 04.05.2022 14:05 14:05