Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палаататын саҥа састааба талыллар

Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палаататын саҥа састаабын талыыга үлэ салҕанан барар. Састаап сэтинньиттэн үлэлиэхтээх, СИА-ҕа палаата аппарата иһитиннэрдэ.


2020 сыл сэтинньититтэн саҥа талыллыбыт састааптаах, төрдүс өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палаататын үлэтэ саҕаланыаҕа. Манна Саха сирин 66 гражданина киириэхтээх. Сайаапканы тутуу түмүктэннэ.

Уопсастыбаннай палаата оҥоһуллуута үс түһүмэхтэн турар. Бастаан 22 чилиэн киирэр испииһэгин Ил Дархан өссө ыам ыйыгар бигэргэппитэ. Сорохтору Ил Түмэн коммерческайа суох тэрилтэлэр этиилэринэн көрөн быһаарар, ол иһигэр регионнааҕы уопсастыбаннай тэрилтэлэр санаалара эмиэ учуоттанар.

Үһүс испииһэк олохтоох уопсастыбаннай түмсүүлэр киллэрбит кандидатураларынан оҥоһуллар. Манна 22 миэстэҕэ 63 сайаапка киирдэ. Дьоһуннаахтары талыы саҕаланар.

Уопсастыбаннай палаата бэйэтин үлэтин баар сокуоннарга олоҕуран толорор.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-prodolzhaetsya-formirovanie-novogo-sostava-obshhestvennoj-palaty-respubliki/

This post was published on 02.09.2020 18:01 18:01