Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа 1992 сыл алтынньы 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин VI сессиятынан ылыллыбыта. Российскай Федерация судаарыстыбаннай геральдика регистрыгар 183 №-нэн киллэриллибитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааҕа түөрт муннук быһыылаах таҥастан тигиллибит, халлаан күөх, маҥан, кыһыл, хонуу күөҕэ өҥнөрдөөх.
Ортотугар халлаан күөҕэ балаһаҕа маҥан өҥнөөх толору эргимтэлээх.